Дьүөгэм аах орто кыыстара Дьокуускайга үөрэммитэ. Иккис кууруска сылдьан, уопсайга биир вахтёру кытта уопсай тылы булумуна, кыргыттарын кытта кыыһырсан дуу,  чопчу өйдөөбөт эбиппин, уопсайтан тахсан, кыс ортото дьиэ уларсар кыһалҕатыгар түспүттээх.

 

 
   Хата, табыллыан быатыгар, сөбүгэр сыанаҕа, буолаары буолан, үөрэҕиттэн букатын чугас баар хрущевкаҕа икки хостоох кыбартыыра булбут этэ. Биир хоһугар ыаллар маллара баар буолан, хара ааныттан хатыылаах турбута үһү. “Бу хос хатыылаах турдун. Онон төлөбүрүн биир хостоох киэнин курдук гынныбыт. Эн бу бастакынан эрийэн кэллиҥ дии. Ылар буоллаҕыҥ?” – диэн, төһө эмэ сыана туһунан ыйыппатаҕын үрдүнэн, дьиэлээх дьахтар ыйыппытын Лена кыыс кэлин кэпсиир. Киниэхэ эгэ эрэ буоллаҕа, удамыр сыаналаахха түбэһэн, күлүгэр имнэнэ турар киһи, үөрүүнү кытта ылабын диэбит.  Куукуналаах, бэйэтэ саалаҕа олоруо уонна туох наада буолуой соҕотох кыыска?
   Уларсыбыт дьиэтигэр икки инники күн биир дойдулааҕа Лана хонсубут.  Киһи дьаарханара, дьиктиргиирэ туох да суох үһү. Дьиэ дьиэ курдук. Ол да буоллар соҕотоҕун билбэт дьиэтигэр олорон көрө илик буолан, бастаан утаа хоноһоломмут. Иккис симиэнэ кэнниттэн хойут кэлэн, ону-маны астаммыта буолаат, үссэнэн баран, кэпсэтэ-кэпсэтэ утуйан хаалаллара үһү.
   Кыыһын кэнниттэн соҕотоҕун үс хас күн холкутук хонон турбут бадахтаах.  Арай биирдэ, түүн ортото, Лена, ким эрэ ойоҕоско аспытыныы ходьох гына, оронугар олоро түспүт. Тоҕо оннук эмискэ олоро биэрбитин бастаан утаа уутун быыһыгар өйдөөбөтөх. Бэйэтэ да билбэтинэн хараҕа хатыылаах аан диэки бара турар үһү. Санаатыгар, аан нөҥүө кимнээх эрэ саҥарсар курдуктара үһү! “Эс, хайдах оннук буолуой?! Истиэнэ нөҥүө ыаллар саҥалара быһыылаах”, – диэн, бэйэтэ бэйэтин кытта мөккүһэ саныы-саныы, төбөтүн сыттыгынан  саба быраҕан баран, утуйа сатаабыт. Ону баара, санаатыгар, ким эрэ көхсүн хараҕын тонолуппакка одуулуур курдуга үһү. Онтуттан кыыс эрэйдээх ис-иһиттэн тоҥон, титирээн, дьигиһийэн барбыт. Сыттыгын элитээт, кэннин хайыһан туох айылаах баарын олус көрүөн баҕарар үһү да, атаҕа-илиитэ хамсаабат гына баайыллан хаалбыт курдук эбит. Төһө итинник эрэйдэнэн баран утуйбута буолла, биирдэ өйдөммүтэ хос иһэ сырдаабыт.  Кэнниттэн “тэһэ көрөөччү” сүппүт. Ити да буоллар этэ-сиинэ букатын сынньамматах,  төбөтө “дыҥ” курдук үһү.
   Үөрэҕин кэнниттэн кутталлаах дьиэтигэр соҕотоҕун кэлиэн баҕарбакка, бииргэ үөрэнэр кыыһын хонноро ыҥырбыт. Куттанан кэлсиэ суоҕа диэн, түүҥҥү быһылаанын туһунан  тыл да аҥаарын быктарбатах. Бэйэтэ да хайдах эрэ сыыһа санаабыппын быһыылаах диир үһү...
   Уоттарын арааран баран, биир дьыбааҥҥа хоонньоһон утуйар дьон быһыытынан балай эмэ ботур-итир кэпсэтэ сытан утуйбуттар. Лена эмискэ ыалдьыт кыыһын сүр улахан часкыйыытыттан  уһукта биэрбит. Анаан-минээн сыттыгын туһаайыытынан бэлэмнии уурбут төлөпүөнүн банаарыгын холбоон, хос иһин сырдата сатаабыт. Санааларыгар, кинилэри таһынан өссө ким эрэ хоско баар курдук үһү. Кини уһуктубутуттан эгди буолан буоллаҕа, дьүөгэтэ ойон туран, уоту холбообут: “Даа, мин манна аҕыйах да мүнүүтэ хаалбаппын, барыахха, тахсыахха!” – дии-дии, таҥнан хатыыппайдаммытынан барбыт. “Түүн ол ханна барабыт? Уопсайга киллэрбэттэр, баһаалыста, маннык уоттаах олоруохха. Уоскуйууй, иккиэбит дии”, – диэн, төһө да куттанан кута көтөөрү олордор, кыыһын нэһиилэ уоскутан тохтоппут. “Туох буолла?” диэн ыйыта сатыыр үһү да, кыыһа бастаан төлөпүөнүн муусукатын муҥ улаханыгар холбообут, онтон тэлэбиисэри холбоон, саҥатын улаатыннаран биэрбит. Ол кэнниттэн икки атаҕын кумуччу туттан, иннинэн-кэннинэн иэҕэҥнии олорбут.
   Туох буолбутун хойутуу кэпсээбит: Арай утуйа сытан эмискэ сирэйигэр тымныы салгын ил гынаат, сытыйбыт сыт аҥылыс гыммытыгар хараҕын аспыта – атын күтүр нөрүйэн турар үһү!!! Хараҕа уолан хаалбыт, уҥуох-иҥиэх буолбут, хара бэкир киһи үһү.
   Па, ити түүн кэнниттэн Лена тастыҥ убайын ааҕы ыҥыран, малын ылларан, дьонугар көспүт этэ. Дьоҕойон, дьиэ иһин абаансанан биэрбит да харчытын көрдүү барбатах, хаһаайкаҕа эрийэн, дьиэ күлүүһүн аттынааҕы ыалларга туттарбытын эппит. Сөҕүөн иһин, дьахтара “тоҕо болдьоҕуҥ иннинэ тахсаҕын, туох буолла?” да диэн ыйыта барбатах. “Ээ, тахсан эрэҕин диэ. Чэ, сөп”, – диэннээх үһү. Дьиэтэ сибиэннээҕин билэр эбит буоллаҕа?
М.Самойлова,
Дьокуускай.

Бүтэһик сонуннар