Киир

Киир

Быһааскыттан ылата Мииринэй куорат эрэстэрээннэрэ, кафелара, познайдара, чайханалара, хоруона хамсыгыттан сылтаан сабыллан турбуттара.

Ол да буоллар таах быар куустан олорботохторо.Бородууксуйаны дьиэҕэ диэри тириэрдии ньымата сайдан, оннук айылаах алдьархайдаах ночоокко киирбэтилэр.

Илиҥҥи эриэккэс аһы – шаурманы, пиццаны, хот-догу, фаст-фуды, биг-ланчы атыылааччылар хата төттөрүтүн көнө быһыытыйдылар. Мииринэйгэ бүрээт омук аһын – буузалары бэлэмниир биэс оччугуй ларек-маҕаһыын баар. Кинилэр өҥөлөрө олус наадалаах буолан хаалла. Саха сирин Ил Дарханын А.Николаев дьаһалынан эрэстэрээннэр, кафелар арыллан үлэлииллэрэ көҥүллэннэ. Мииринэйгэ бу сонуну атыы-эргиэн эйгэтигэр олус үөрүүлээхтик ылыннылар.

 Станислав Алексеев. Мииринэй куората.

Санааҕын суруй