Киир

Киир

Муус устар 1 бастакы күнүттэн Арассыыйаҕа социальнай биэнсийэ 7,5%-нан үрдүүр буолбутун туһунан Судаарыстыбаннай Дуума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин чилиэнэ Светлана Бессараб иһитиннэрдэ.

“Арассыыйаҕа социальнай биэнсийэни түөрт мөлүйүөн кэриҥэ киһи ылар. Үгэс быһыытынан, социальнай биэнсийэ саастарынан биэнсийэҕэ тахсыбыт дьоҥҥо, инбэлииттэргэ уонна иитэр-харайар киһилэрин сүтэрбиттэргэ ананар”, – диэн хотун Бессараб быһаарар.

Дьокутаат эппитинэн, киһи кырдьыбытынан (по старости) бэриллэр социальнай биэнсийэ сөп буолар үлэ ыстааһын (15 сылтан итэҕэһэ суох) эбэтэр биир оччо баалы ылбатах дьоҥҥо ананар. Холобур, быйыл биэнсиэйэҕэ тахсарга 28-тан элбэх – 28,2 бааллаах – буолуохтааххын.

“Онон, официальнайдык үлэлээбэтэх эбэтэр хамнастарын кэмбиэринэн аахса сылдьыбыт дьон страховой биэнсийэни ылар кыахтара суох, кинилэр үөлээннээхтэриттэн биэс сыл хойутаан тахсаллар”, – диир дьокутаат.

Светлана Бессараб эбии быһаарбытынан, тустаах эрэгийиэҥҥэ тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра биэнсийэлээх дьоҥҥо булгуччу тэҥниир эбии төлөбүр көрүллүөхтээх.

“Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи эбии төлөбүрдэр бааллар. Холобур, федеральнай эбии төлөбүр эрэгийиэн киэнэ федеральнайтан кыра буоллаҕына бэриллэр. Оттон эрэгийиэн федеральнай төлөбүр эрэгийиэн киэниттэн кыра буоллаҕына көрүллэр”, – диир Бессараб.

Бэй.кэр.
Хаартыска: www.9111.ru     

Санааҕын суруй