Киир

Киир

Быйыл тыатааҕы дьон олорор сиригэр ас көрдөөн кэлэрин туһунан сурах, сонун хаһааҥҥытааҕар да элбэх. Ол курдук Арыылааҕы, улахан бөһүөлэк диэн чаҕыйбакка, эмиэ чугаһаатылар. Былырыын биир эһэ ыал дьиэтигэр киирэн дэлби ыспыт, алдьаппыт этэ.

Атын эһэ “Новай ” ХЭТ ыскылаатын харабыла дьахтарга саба түспүтэ. Дьолго дьахтары эчэппэтэҕэ. Бу кыыллары кэмигэр кыайан бултаабатахтара.

Быйыл тыатааҕылар “Новай” сопхуос көтөрү иитэр паабырыкатын бөҕүн тоҕор сирин буулуур буоллулар.

Биллэн турар, адьырҕа кыыл дьоҥҥо чугаһыыра улахан кутталлаах.

Инньэ гынан, быйыл Арыылаах олохтоохторо отоннуу, сир астыы ойуурга тахсыахтарын дьиксинэллэр. 

Аҕыйах хонуктааҕыта биир баараҕай улахан хара эһэ Арыылаах тулатын буулаабыта.  Былырыыҥҥы курдук ыал дьиэтигэр киирэн кэлиэн, дьоҥҥо саба түһүөн, сүөһүнү тардыан сөбө.

Атырдьах ыйын 6 күнүгэр ыкса киэһэ Арыылаах булчуттара көтөр паабырыкатыгар кэлбит ити сүүнэ улахан эһэни өлөрдүлэр.

Бу сырыыга Арыылаахтар кыылы чугаһаппатылар. Ол эрээри, уоскуйар эрдэ. Оччугуй Ботуобуйа ойууругар тыатааҕы аҕыйаҕа суох, киирэн кэлиэн сөп.

Станислав Алексеев,

Мииринэй.

Ватсаптан фото.

Санааҕын суруй