Киир

Киир

Бу нэдиэлэҕэ Саха сирин сорох олохтоохторо 5 күн үлэлиэхтэрэ.

Арассыыйа олохтоохторо бу нэдиэлэҕэ муус устар 22 күнүттэн 27 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ. Тоҕо диэтэххэ, муус устар 28 күнүттэн ыам ыйын 1 күнүгэр диэри – өрөбүл. Муус устар 27 күнүнээҕи (субуота) сынньалаҥ күнү муус устар 29 күнүгэр (аан күн) көһөрүөхтэрэ. Оттон муус устар 30 күнүгэр – сэтинньи 2 күнүнээҕи өрөбүл көһүөҕэ.

Ол гынан баран, Саха сиригэр муус устар 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу – өрөбүл күн: эрэгийиэн бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэргэ. Онон, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр муус устар 27 күнүттэн ыам ыйын 1 күнүгэр диэри сынньаныахтара, биэс күннээх үлэ нэдиэлэтэ оннунан хаалыаҕа. Ити туһунан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэрин сынньаталларын-суоҕун бэйэлэрэ быһааллар.

 

Бэй.кэр.
Хаартыска: аһаҕас источниктан.  

 

Санааҕын суруй