Киир

Киир

“Халыма” уонна “Бүлүү” айан суолларын быһа охсон ааһар өрүстэргэ сырыыны хааччахтаатылар. Ол курдук, муус устар 3 күнүттэн саҕалаан 30 туоннаттан ыарахан уйуктаах массыыналар мууһунан өрүһү туорууллара бобулунна.

Ханнык өрүһү ханан туоруур бобулунна?

- Дьокуускай – Аллараа Бэстээх (Өлүөнэ);

- Хаандыга – Мэҥэ Алдан (Алдан);

- Үөһээ Бүлүү, Бүлүүлүүр суол 660 км (Бүлүү);

- Устье, Бүлүүлүүр суол 956 км (Бүлүү);

- Кириэстээх, Бүлүүлүүр суол 1049 км (Бүлүү).

Муус устар 10 күнүттэн ыла ити ыйыллыбыт өрүстэргэ таһаҕас уйуга 20 туоннаҕа диэри хааччахтаныаҕа. Ол кэннэ муус устар 15 күнүттэн букатын сабыллыаҕа, айан-сырыы тохтуоҕа.

Арктика улуустарыгар өрүс суоллара муус устар 20 – 25 күннэригэ сабыллыахтара.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Упрдор “Вилюй”

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар