Баатаҕайга отчуоттуу тиийбит СӨ Бырабыыталыстыбатын бөлөҕө «Киин» хочуолунай саахалыттан эмсэҕэлээбит эбийиэктэри көрдө.
Арчы дьиэтигэр буолбут мунньахха отчуоттуур бөлөх салайааччыта, Саха сиригэр РФ Бэрэсидьиэнин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов, суһал сулууспалар сөпкө дьаһананнар, барыта этэҥҥэ ааспытын, эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэр кыалларын эттэ.
Маны сэргэ, кини нэдиэлэ бүтүүтэ Баатаҕай бөһүөлэгин эрэллээх сылытар ситиминэн хааччыйыыга этии бэлэм буоларын мэктиэлээтэ. Бастатан туран, манна хочуоллары саҥардыахтара. Онтон саахалга тиэрдибит сылытар турбалары барытын сыныйан көрүөхтэрэ. Хочуоллары Верхоянскай куоракка эмиэ уларытыахтара.
Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата.