Киир

Киир

"Роснефть" хампаанньа Сунтаар уонна Ньурба улуустарыгар углеводороду хостуурга саҥа лиссиэнсийэлэри ылла. Бу туһунан бырамыысалыннас министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Геологическэй чинчийиигэ уонна хостооһуҥҥа бэриллибит лиссиэнсийэ 2042 сылга дылы болдьохтоох. Онуоха хампаанньаайылҕа харыстабылын сокуонун толору тутуһарга мэктиэлээх. Билиҥҥитэ "Роснефть" Саха сиригэр 10 учаастакка хостуур үлэни ыытар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар