Киир

Киир

Саха сирин биэнсийэлээҕэр эһиилги сылга тииһинэн олоруу алын кээмэйин быһаардылар. Бу сууматтан көрөн наадыйар дьоҥҥо социальнай төлөбүр кээмэйин быһаллар. Эһиил бу кээмэй 14652 солк. буолла.

Үлэ уонна социальнай харалта миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, эрэгийиэннээҕи биэнсийэҕэ эбии төлөбүргэ барыллаан ааҕыыннан эбии 2 млрд солк. кэриҥэ наада буолар, онтон 177 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр сүктэриллэр. 2021 сылга маннык социальнай эбии төлөбүрү 35,6 тыһ. киһи ылыахтаах.

2021 сылга Саха сиригэр босуобуйаны ааҕыыга 14 562 солк. быстылар, бастакы зонаҕа - 17 447 солк., иккискэ - 14 309 солк.

Миниистир быһаарбытынан, эрэгийиэннээҕи биэснийэҕэ эбии социальнай төлөбүр ортотунан 4 649 солк. буолуоҕа.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар