Бу сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһа» уопсастыбаннай тэрилтэ сийиэһэ ыҥырыллар.
Сийиэс бэбиэскэтэ:
1. Сийиэс үлэлиир уорганнарын талыы (мунньах бэрэссэдээтэлин, сэкирэтэрийээтин, мандаат-ааҕыы хамыыһыйатын);
2. Тэрилтэ бэрэссэдээтэлин талыы;
3. Тэрилтэ толорор сүбэтин чилиэннэрин талыы;
4. Тэрилтэ эрэбиисийэлиир хамыыһыйатын чилиэннэрин талыы;
5. Тэрилтэ устаабыгар уларыйыылары киллэрии;
6. Эбии боппуруостар (чилиэн усунуоһун кээмэйэ уо. д. а.).
Ыытыллар сирэ: Дьокуускай к., Ленин бэрэспиэгин 33 №-дээх дьиэтэ, 2-с этээс, мунньахтыыр саала.
Ыытыллар кэмэ: 30.09.2026.
09:00 чаастан – бэлиэтэнии. 10:00 чаастан – сийиэс мунньаҕын саҕаланыыта.
Бэлиэтэнэргэ бэйэни уонна чилиэнистибэни туоһулуур докумуону илдьэ кэлии ирдэнэр.
Көҕүлүүр бөлөх.
