Атырдьах ыйын 5 күнүнээҕи туругунан, Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара 631,8 туонна сэлээркэни туттулар. Ол эбэтэр бигэргэммит былаан 75%%-нын илиилэригэр ылбыттар. Ол туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Быйыл от ыйыгар бааһынаны паардыырга, сүөһү аһын ыһарга уонна от үлэтигэр диэн 844,5 туонна сэлээркэни биэрэргэ бигэргэппиттэрэ.
Бу күннээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 95 218 гии иэннээх ходуһа охсуллан сытар, 79 030 туонна от кэбиһилиннэ. Хонууга-ходуһаҕа барыта 6 992 звено, 20 544 киһи үлэлии сылдьар. Ол иһигэр 2 424 толору мех, 2 802 полумех, 18 ат-илии уонна 1 736 илии звенота баар. 9 030 тыраахтар үлэҕэ тахсыбыт.
Быйыл күһүҥҥэ диэри 423,7 тыһ. туонна от кэбиһиллиэхтээх, 29,9 тыһ. туонна сиилэс угуллуохьтаах уонна 14,75 тыһ. туонна сенаж бэлэмнэниэхтээх.
