2026 сыл кулун тутарынааҕы туругунан, Саха сиригэр үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин орто кээмэйэ 34 400 солкуобай буолбут. Бу Уһук Илин федеральнай уокуоругар уонна дойдуга барытыгар даҕаны биир саамай улахан көрдөрүү.
Арассыыйа Социальнай пуондата этэринэн, кулун тутар түмүгүнэн, 30 тыһыынчаттан тахса солкуобай биэнсийэни дойду 13 эрэгийиэнигэр ылаллар. Ол испииһэккэ Саха сирэ бэһис миэстэҕэ тахсыбыт. Биһиги кэннэ Хабаровскай кыраай (30 тыһ.), Карелия (31,5 тыһ.), Архангельскай уобалас (32,5 тыһ.) уонна Коми өрөспүүбүлүкэтэ (32,7 тыһ.) кэлэллэр.
Оттон биһигиннээҕэр элбэх биэнсийэни маннык эрэгийиэннэр ылаллар:
– Сахалин уобалаһын биэнсийэлээхтэрэ – 34,8 тыһ. солк.;
– Мурманскай уобалас – 35,4 тыһ. солк.;
– Ямал-Ненец автономиялаах уобалаһа – 37,8 тыһ. солк.;
– Ханты-Манси автономиялаах уобалаһа – 38,3 тыһ. солк.;
– Магадаан уобалаһа – 39 тыһ. солк.;
– Камчаакка кыраайа – 39,3 тыһ. солк.;
– Ненец автономиялаах уокуруга – 39,8 тыһ. солк.;
– Чукотка – 43,7 тыһ. солк.
Тэҥнэбил быһыытынан эттэххэ, 2026 сыл кулун тутарын көрдөрүүтүнэн, Арассыыйаҕа биэнсийэ орто кээмэйэ 25 647 солкуобай буолан турар.
