Хамсыгынан ыалдьан баран үтүөрбүт дьон ахсаана билигин ыалдьа сылдьар дьоннооҕор быдан элбээн эрэр. Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, локдаун күннэрэ тураннар маннык үтүө түмүктэргэ кэллибит. Айсен Николаев «Россия-24» тэлэбиидэнньийэ ханаалын интервьютугар: «Уустук быһыы-майгы намыраата. Бүтэһик үс нэдиэлэ устата ыарыы таһымын үрдээһинэ 7-10% эбит буоллаҕына, ааспыт нэдиэлээҕэ – 0,9 % буолла. Хааччах-локдаун күннэрэ көдьүүстээх буоллулар», - диэн эттэ. Ону таһынан, Ил Дархан сытар балыыһаларга 26 % куойка иллэҥин бэлиэтээн эттэ. Итиэннэ, тэрилтэлэргэ киириигэ барытыгар QR куод олохтонон быһыыны ылар дьон ахсаана күннэтэ улаатан иһэрин Саха сирин аҕа баһылыга тоһоҕолоон туран бэлиэтээтэ.