Эбиэттэн киэһэ Дьокуускайга буруо өссө хойунна. Көлө министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, билигин Өлүөнэҕэ паром сырыыта будулҕан буруоннан сибээстээн тохтотуллубут.

Маны таһынан мотуордаах оҥочолор, хивустар сырыылара эмиэ тохтообут. Сырыы буруо амырыйдаҕына биирдэ сөргүтүллүө.