Арассыыйа мусульманнарын Духуобунай управлениета “мусульманнар атын итэҕэллээх дьону кытта ыал буолуо суохтаахтар. Биирдиилээн эмэ түгэннэргэ, ону олохтоох муфтий көҥүллүүр буоллаҕына эрэ, ол көҥүллэнэр” диэн дьаһал ылынна.

Ону Духуобунай управление “мусульман эр дьон атын итэҕэллээх дьахталлары ойох ылыыларын түмүгэр, мусульман дьахталлар ыал буолалларыгар эр дьон тиийбэт буолуон сөп. Оттон мусульманка туора итэҕэллээх дьоҥҥо эргэ тахсара Коранынан кыккыраччы бобуллар” диэн быһаарар.

Ислам итэҕэлэ суох дьоҥҥо ити дьаһал туох да улахан суолтата, ис хоһооно суох курдук көстүөн сөп эрээри, сорох эрэгийиэннэргэ ити дьаһал улахан дьайыыланыан сөп курдук. Холобур, дьадаҥы олохтоох-дьаһахтаах ислам эрэгийиэниттэн (Холобур, Таджикистан, Кыргызстан, Дагестан...) эр дьоннорун быһар быһаҕастара атын сирдэргэ үлэлии бараллар. Айылҕа сокуонун уларыппаккын. Ол тиийэн баран атын итэҕэллээх дьахтары ойох ылан олохсуйан хааллахтарына, бэйэлэрин дойдуларыгар хаалбыт дьахталлара ханна баралларый, кимиэхэ наада буолалларый?

Бүтэһик сонуннар