Бэс ыйыгар Саха сиригэр дьиэ куортамныыр уонна куортамнаһыам этэ диэн кыбартыыраны уурдарар киһи ахсаана 36%-нан элбээбит. Бу – Уһук Илиҥҥэ саамай улахан көрдөрүү. Эспиэрдэр ол барыта бэс ыйын 27—28 күннэригэр ыытыллыахтаах Туймаада ыһыаҕын кытта ситимнээх дииллэр.
Туристар уонна ыалдьыттар кыбартыыраны ортотунан 35, оттон дьиэни 45 күн иннинэ уурдараллар (бронь) эбит. Бу ый саҥатынааҕы көрдөрүүнэн, 1 хостоох дьиэ сыаната сууккаҕа ортотунан 4500 солк. тэҥнэспит. Ол эбэтэр, былырыыҥҥыттан 5%-нан ыараабыт. Оттон 3—4 хостоохтор 7600—13 100 солк. буолбуттар, 3%-нан ыараабыттар.
Куорат таһынааҕы сынньанар дьиэлэри бэс ыйыгар дьон ордук 3—4 күҥҥэ хампаанньанан куортамныыр эбит. Оннук дьиэ биир хонугун орто сыаната 11 300 солк. буолбут. Коттеджтар онтон ыарахан сыаналаахтар – хонуктара 17 800 солк. Саамай чэпчэки сыаналаах барыйаан – даача. Сыаната – 6 600 солк.
