Үөрүүлээх сонун -- 2027 сыллаахха үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин страховой өттө иккитэ индексацияланыа – олунньуга уонна муус устарга, онтон атырдьах ыйыгар – страховой усунуостарын кэлэр сылга оросчуоттаан.
Бастакы индексация – олунньу 1 күнүгэр буолуоҕа – 2026 сыл инфолациятын учуоттаан туран, ол билигин 6,8% тэҥнэһэр. Иккис муус устар 1 күнүгэр – биэнсийэ страховой өттүн 3,3% үрдэтиэхтэрэ. Үһүс үрдэтии – атырдьах ыйыгар, биэнсийэлээх туһугар үлэ биэрээччи кэлэр сылга түһэрэр усуонуоһун учуоттаан. Ьиэнсийэ пуондата онно үстэн элбэҕэ суох кээписийиэни учуоттуоҕа, онон эбиллии хас биирдии киһи атын буолуоҕа. Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрин индексациялыыры 2025 сыл тохсунньутуттан төннөрбүттэрэ. 2016 сылтан 2024 сылга диэри үрдэтии көрүллүбэт этэ. Социальнай пуонда оросчуоттуурга биэнсийэ 2016-2024 сылларга индексациялары учуоттаан, толору кээмэйин ылар уонна онно саҥа сууманы эбэр.
Ортотунан, биэнсийэ 2600 үрдүөҕэ, оттон 2027 сылга страховой биэнсийэ ортото 29 900 солк. буолуоҕа.
ЯСИА
