СӨ көлөҕө уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ этэринэн, быйыл Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан поруомнар, быһа холоон, алтынньы бүтүөр диэри сайыҥҥылыы сылдьыахтара. Ый бүтүүтүн эргин поруом аҕыйыаҕа, сылдьар кыраапыктара уларыйыаҕа. Сыана ый ортотуттан үрдүөҕэ.

Сэтинньиттэн саҕалаан массыыналары Жатайтан Төхтүргэ диэри туоратыахтара. Тарыып биллэ үрдүөҕэ, ледокол үлэлиэҕэ.

Министиэристибэ этэринэн, навигация түмүктэммитин кэннэ судаарыстыба сыананы хонтуруоллаабат буолар. Тиэйэр-таһар дьон ону бэйэлэрэ быһар быһааптаахтар.

Быйыл 30—35 салгын сыттыктаах суудуна уонна аэробот сүүрүөхтээх.

Кыым.ру.
Хаартыска: Якутия24.

Бүтэһик сонуннар