Алтынньы 1 күнүттэн байыаннайдар, полиция үлэһиттэригэр уонна баһаарынайдарга акылааттарын үрдэтиэхтэрэ.

Чуолкай төһө кээмэйинэн үрдэтэллэрэ өссө биллэ илик, бакаа кистэлэҥҥэ туталлар. Былаанныммыт 4 бырыһыантан намыһах буолбат диэн эрэннэрэллэр. 2026-28 сс. бүддьүөт бырайыагынан  сыл аайы түөрт бырыһыанынан үрдүөхтээх. Ол гынан баран, былырыын тоҕо эрэ бу эйгэ үлэһиттэрин хамнастарын -- 7,1 бырыһыан үрдэппиттэрэ. Онон, хантараагынан ыҥырыллан сулууспалыы сылдьар байыаннайдар, полиция, росгвардия, баһаарынай, таможня үлэһиттэрин хамнастара биллэ үрдүүр. Онно эбии байыаннай дуоһунастаахтары сыбаанньаларынан көрөн эмиэ лаппа үрдэтэллэр.

Кыым.ру

Хаартыска: СИА

Бүтэһик сонуннар