Хаҥалас улууһугар дьон дьалаҕайыттан 5-12 гектардаах сиргэ ойуур баһаара турда.

 

 

Бэҕэһээ, көтөр аалынан ойууру кэтээн көрүү түмүгэр, Хаҥалас улууһугар ойуурга уот турбута бэлиэтэннэ. Саха сиринээҕи ойуур авиа-харыстабылын сулууспатын иһитиннэриитинэн, олохтоохтор дьалаҕай сыһыаннарыттан уот турбут буолуон сөп. Аан бастаан уоту булалларыгар, иэнэ 5 гектар этэ. Бүгүн сарсыарда күөдэпчилэнэн 12 гектарга диэри кэҥээтэ. Уоту умулларыыга 23 парашютист барда. Саха сирин олохтоохторун, ойуурга уонна сиргэ сылдьаргытыгар, уоту кытта сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буоларгытыгар ыҥырабыт!

 

Kyym.ru.

 

Хаартыска: СИА.

Бүтэһик сонуннар