Таатта Баайаҕатыгар саҥа быраас амбулаторията арылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ биидьийэ-сибээһинэн Ил Дархан кытынна.
“Баайаҕалар өр күүппүт күннэрэ буолла. Саҥа быраас амбулаторията толору сэбилэннэ, каадырдара бааллар. Манна 14 киһи үлэлиир, ол иһигэр биир быраас уонна сэттэ орто медперсонал. Амбулатория Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Уһун уонна көхтөөх олох” национальнай бырайыагын чэрчитинэн тутулунна. Ол гынан баран, олохтоох дьоҥҥо саҥа дьиэ саамай сүрүнэ иэнэ уонна кэбиниэтин ахсаана буолбатах. Кинилэргэ бөһүөлэктэн ырааппакка аныгы усулуобуйалаах, саҥа оборудованиелардаах табыгастаах балыыһаҕа көрдөрөр ордук суолталаах”, – диэн Айсен Николаев “Макса” канаалыгар суруйда.
Кыым.ру.
Хаартыска: аһаҕас ситимтэн.
