Атырдьах ыйын 10 күнүттэн Дьокуускай куорат сөтүөлүүр сирэ үлэлээн бүттэ. Ол туһунан “Тэхиньиичэскэй көрүү-истии сулууспата” МУТ дириэктэрэ Виктор Обутов иһитиннэрдэ.

Кини: «Уу номнуо тымныйда, онон сөтүөнү тохтотор уолдьаста. Ол туһунан анал стендэ турбутун кэннэ, өрүс кытылыгар сөтүөлүүр көҥүллэммэт», – диэн эттэ.

Онон бүгүҥҥүнэн сөтүөлүүр сир куттала суох уонна сэрэхтээх буолуутун хааччыйар быыһааччылар үлэлэрэ тохтоото. Ол да буоллар, куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара кытыл устун көҥүл күүлэйдииллэрэ уонна спордунан дьарыктаналлара бобуллубат. Ол эрээри, ууга киирэр түгэннэригэр, барыта тус бэйэлэрин эппиэтинэстэригэр диэн бэлиэтээн этэллэр.

Kyym.ru

Хаартыска: Ykt.ru

Бүтэһик сонуннар