Бырабыыталыстыба Уһук Илин сайдыытыгар хамыыһыйата Үөһээ Бүлүү улууһугар Бүлүү өрүс хаҥас кытылыгар гаас ситимин тардар бырайыагы өйөөтө.

Итинник быһаарыыны дойду вице-премьерэ – бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев салайааччылаах мунньахха ылыммыттар. Күөх төлөн ситимэ “Сахатранснефтегаз” тэрилтэ күүһүнэн үс түһүмэҕинэн тардыллыаҕа.

Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников эппитинэн, бырайыак быһыытынан Үөһээ Бүлүү улууһугар өрүс уҥуор сытар уон нэһилиэк гаастаныахтаах. Бэлэмнэнэр үлэ-хамнас номнуо саҕаламмыт.

Бастакы түһүмэххэ гаас ситимин өрүһү аннынан туоратан, Дүллүкүгэ, Хороҕо уонна Хомустаахха киллэриэхтэрэ. Иккис түһүмэххэ Далыр, Сайылык уонна Кырыкый гаастаныахтара. Үсүһүнэн – Харбаала, Боотулуу, Көтөрдөөх уонна Багадьа.

Бырайыак олоххо киирдэҕинэ, күөх төлөн ситимэ салгыы Ньурбаҕа барар усулуобуйата оҥоһуллуохтаах.

Бэй.кэр.
Хаартыска: “Сахатранснефтегаз”

Бүтэһик сонуннар