От ыйын 29 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 607 киһини клещ ытырда. Онтон 35 үөнэ соҕурууттан кэлбитэ быһаарылыбыт.

Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэринэн, клещ саамай элбэх киһини Ленскэйгэ ытырбыт – онно 275 түгэн бэлиэтэммит. Алдаҥҥа – 96, Өлүөхүмэҕэ – 76, Нерюнгрига – 39.

Биэдэмистибэ этэринэн, клещкэ ытыртарбыт дьонтон 263 киһи ыарыыны сэрэтэр быһыыны тута ылбыт. 166 киһи быһыыны быйыл эрдэ эрдэ ылбыт эбит.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Юлия Пыхалова/perm.kp.ru  

Бүтэһик сонуннар