Судаарыстыбаннай регистрация чахчыларынан, 2026 с. муус устар 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр кууһунан уонна биирдиилээн атыы эйгэтигэр барыта 2 335 тэрилтэ уонна 10 878 бирдиилээн урбаанньыт (ИП) бэлиэтэммит.

Атыы-эргиэн эйгэтигэр сылга ортотунан 68 040 киһи, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэлээх дьон 12,6%-на, үлэлиир эбит.

Эмиэ 2026 с. муус устар 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр 150 супермаркет, 2 729 минимаркет, 1 287 ас-үөл маҕаһыына уонна 3 290 аһы-үөлү атыылаабат универсальнай уонна анал маҕаһыын баар.

2026 с. тохсунньутуттан ыам ыйыгар диэри биирдиилээн атыы (розница) оборуота 188,5 млрд солк. буолбут. Ити көрдөрүү былырыын ити кэмнээҕиттэн 1,1%-нан улааппыт. Онон Саха сирэ Уһук Илин федеральнай уокуругар Приморье (348,7 млрд солк.), Хабаровскай кыраайдар (257,3 млрд солк.) уонна Бүрээт өрөспүүбүлүкэтин (189,4 млрд солк.) кэннэ төрдүс миэстэҕэ тахсыбыт. Уһук Илин уокуругар биирдиилээн атыы бүттүүн оборуота – 1533,8 млрд солк.

Саха сиригэр табаар уопсай кээмэйиттэн 47,4%-на – ас-үөл, ол иһигэр утах уонна табах, 52,6%-на – аһылыктан ураты табаар.

Бэй.кэр.
Хаартыска: интэриниэттэн.         

Бүтэһик сонуннар