Томпо улууһугар тохтообокко түспүт ардахтан сылтаан хайа үрэхтэрин таһыма үрдээн, “Дьааҥы” айан суолун 42-с килэмиэтириттэн 188-с килэмиэтиригэр диэри балаһыанньа ыараабытын туһунан Саха сиринээҕи суол салалтата иһитиннэрэр.
“Дьааҥы” суол үөһэ ыйыллыбыт кэрчигэр ханнык даҕаны массыына-тиэхиньикэ сырыыта харгыстанна”, – диэн биэдэмистибэҕэ этэллэр.
181-с уонна 183-с килэмиэтирдэргэ балаһыанньа ордук уустугурбут – ардах уута суолу киһи да, тиэхиньикэ да сатаан сылдьыбатын курдук сууруйан ааспыт.
Бэй.кэр.
Хаартыска: Саха сиринээҕи суол салалтата.
