2026 с. Саха сиригэр СФР кэлим босуобуйатын 1 915 хат дьахтар уонна 17-гэр диэри саастаах 67 712 оҕо төрөппүтэ ылар. Төлөбүр тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыалларга бэриллэр.
Төлөбүр ананар биир сүрүн усулуобуйата – оросчуоттаах кэмҥэ МРОТ аҕыс тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах. 2026 сылга ол суумата 216 744 солк. буолан турар (тохсунньуга МРОТ – 27 093 солк.). көмө харчыны биэрэллэригэр ыал дьон хамнаһын, урбаантан киирэр дохуоттарын уонна больничнайдарын ааҕаллар.
Бэй.кэр.
Хаартыска: CӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ
