Реклама Кыым 300-250 (МОБ)

Венесуэлаҕа буолбут алдьатыылаах сир хамсааһынын түмүгэр, билиҥҥитэ официальнайдык биллэринэн, 3342 киһи өллө, 16 740 киһи эчэйдэ-эмсэҕэлээтэ, 17 тыһ. кэриҥэ киһи дьиэтэ-уота суох хаалла.

Билигин онно барыта 86 тыһ. ыалга көмө оҥоһулунна. Айылҕа саахалын содулун туоратыыга 4088 тас дойду быыһааччыта, 30-ча тыһ. байыаннай сулууспалаах, 27 тыһ. үтүө көмөһүт үлэлэһэ сылдьаллар. Дьиэтэ-уота суох хаалбыт дьоҥҥо анаан 79 быстах лааҕыр тэрилиннэ. Эмсэҕэлээбит оройуоннарга 9585 туонна бородуукта, 669 тыһ. лиитирэ иһэр уу тиэрдилиннэ.

Биһиги, сахалар, сир хамсаабат тоҥ сиригэр олорорбут үчүгэй даҕаны.

“Кыым”.
Хаартыска: Edilzon Gamez / Getty Images

Бүтэһик сонуннар