Ааспыт үс сыл иһигэр (2022—2025 сс.) Саха сиригэр дьадаҥы дьон ахсаана 2,6%-нан аҕыйаабыт. Ол туһунан Ил Түмэҥҥэ буолбут “бырабыыталыстыба чааһыгар” кэпсээтилэр. Зампред Георгий Степанов санаппытынан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2030 сылга диэри Арассыыйаҕа дьадайыыны кырата 7%-ҥа тиийэ аҕыйатарга соруйбута. Онтон сиэттэрэн Ил Дархан Айсен Николаев 2023 с. дьадайыыны утары охсуһар ыйааҕы таһаарбыта.

“Ыйаах баһырхай соруктаах – 2029 сыллаахха 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ, Саха сиригэр дьадаҥы дьон ахсаана 7,6%-нан аҕыйыахтаах, 70 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох киһи дьадаҥы буолар кыһалҕатын умнуохтаах”, - диэн Георгий Степанов кэпсээтэ.

Кини эппитинэн, 2022—2025 сс. өрөспүүбүлүкэҕэ 25 тыһыынча киһи дьадаҥы буолан бүппүт. Онно туох да саарбаҕа суох оҕолоох ыаллары өйүүр, урбааны уонна кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарар миэрэлэр, ол иһигэр социальнай хантараак, күүс-көмө буолбуттар. Аҥаардас ааспыт сылга ити хайысхалары үбүлүүргэ араас источниктартан 35 миллард кэриҥэ солкуобай көрүллүбүт.

Бэй.кэр.
Хаартыска: “Бырабыыталыстыба чааһын” устуутун түһэрии.    

Бүтэһик сонуннар