Быйыл халааҥҥа эрдэттэн бэлэмнэнэргэ, кэмигэр мууһу кэбирэтэргэ анаан федеральнай бүддьүөттэн 69,057 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ.
“Федеральнай бүддьүөттэн 69 мөлүйүөн кэриҥэ солкуобай кэлиэҕэ. Ол харчы, бастатан туран, мууһу хараардарга туттуллуохтаах. Мууһу хараардыы сүрүннээн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин улахан аҥаара олорор, сыллата харыы үөскүүр өрүстэригэр ыытыллар. Ол иһигэр Аммаҕа, Алдаҥҥа, Нүүнэҕэ уонна Токоҕо”, – диэн Өлүөнэтээҕи уу салалтатын салайааччыта Петр Аргунов кэпсээтэ.
УГМС Саха сиринээҕи салаата иһиттиннэрэринэн, тохсунньу 20 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар хаар халыҥа араас. Өлүөнэ алын тардыытыгар, Дьааҥы, Индигиир уонна Халыма өрүстэргэ хаарга сыллааҕы нуорматтан 30–70% элбэх уу мунньуллан сытар. Арай киин улуустарга уу саппааһа нуорматтан 10–30%-нан аҕыйах.
“Билигин барыллаан даҕаны билгэлээһини оҥорор эрдэ. Билгэлээһин муус устар 15 күнүгэр тахсыаҕа”, – диэн УГМС Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччы Вячеслав Шехиров кэпсиир.
Хаартыска: Yakutia24.ru
