Лаптевтар муораларын кытылыгар турар Тиксии бөһүөлэгэр бэһэҕээ күүстээх силлиэ түстэ. Кутталлаах быһыыны-майгыны сэрэтии эрэгийиэнээҕи систиэмэтин дааннайдарынан, тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 32 миэтэрэҕэ тиийбит.
Маны сэргэ, күүстээх хаар түһэр , буурҕа ытыйа турар. Онон суолларынан сылдьыы кэккэ уустуктардаах. Олохтоохтор Аартыка тыйыс усулуобуйатыгар үөрүйэх буоланнар холкулар, күннээҕи олохторунан олороллор, бэйэ-бэйэлэригэр көмө буолаллар.
Хомунаалынай сулууспалар күүһүрдүллүбүт эрэһииминэн үлэлииллэр, уот-күөс лииньийэлэрин, суоллары хонтуруоллууллар.
Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр бу күннэргэ күүстээх тыал уонна хаар түһэрин этэллэр. Олохтоохторго сэрэхтээх буолалларыгар ыҥыраллар.
Сонун төрдө уонна хаартыска: КП Якутия тэлэгэрээм ханаала.
