Куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев бу субуотаҕа үтүө үгэскэ кубулуйбут муус ылыытын тэрээһинигэр кытынна. Аһымал аахсыйаны куорат аҕаларын сэбиэтин кытары тэрийбиттэрин туһунан кини тэлэгэрээм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Бэлэмнэммит муус анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр тиэрдиллиэ.

“Биһиги көмүскээччилэрбит байыаннай иэстэрин толорор кэмнэригэр дьиэ кэргэннэригэр, оҕолоругар көмө, өйөбүл баар буоларыгар эрэллээх буолуохтаахтаах”,  - диэн Евгений Григорьев суруйар.

 Муус бэлэмнээһин түмүктэммитин кэннэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр куорат араас муннугар тиэрдиллиэ.

muus

muus3muus4

muus2

Сонун төрдө уонна хаартыскалар: Евгений Григорьев тэлэгэрээм-ханаалыттан.

Бүтэһик сонуннар