Бүгүн, кулун тутар 10 күнүгэр, 1980 сыллааҕы төрүөх эр киһи Өлүөнэ өрүскэ сүппүтүн туһунан Быыһыыр сулууспа иһитиннэрбитэ. Эр киһи кулун тутар 7 күнүгэр дьиэтиттэн Хатастан Павловскай сэлиэнньэтигэр диэри сатыы туруммут.

Киэһэ 22:00 чаас саҕана эр киһи ийэтигэр эрийэн, муммутун биллэрбит. Ити кэнниттэн ийэтэ уонна быраата түүн эрийбиттэр даҕаны, эр киһи сибээскэ тахсыбатах. Кини бу суолунан сатыы элбэхтик сылдьар эбит. Сэтинньигэ эмиэ муна сылдьыбыт эрээри, онно дьонноох сиргэ тиийбит.

WhatsApp Image 2025 03 10 at 17.28.55

СӨ Быыһыыр сулууспата үс быыһааччы вездеходунан көрдөөн эрэллэр диэн биллэрбитэ. Кэлин биллэрбиттэринэн, эр киһи өлүгүн тиийиэхтээх сирин диэки – Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Павловскай сэлиэнньэтиттэн чугас булбуттар. Кини суолун сүтэрэн, тоҥон өлбүт диэн сабаҕалааһын баар.

WhatsApp Image 2025 03 10 at 17.28.56 1

Сонун төрдө, хаартыска: СӨ Быыһыыр сулууспата

Бүтэһик сонуннар