Алтынньы 1 күнүттэн дьиэ кэргэн ипотеката бэриллэр усулуобуйата, кээмэйэ уонна бырыһыана уларыйбытын туһунан дойду үбүн министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Ити ахтыллыбыт суоллар киһи ханнык эрэгийиэҥҥэ олороруттан уонна хас оҕолооҕуттан тутулуктаах буолбуттар. Саҥа быраабыла 2026 сыл алтынньы 1 күнүн кэнниттэн бэриллибит кирэдьииттэргэ эрэ дьайар.
Киин эрэгийиэннэргэ (Москуба, Санкт-Петербург уонна кинилэр уобаластара):
– биэстэн элбэх оҕолоох ыалга – сыллааҕыта 4%-ҥа элбээбитэ 18 мөл. солк. бэриллиэн сөп;
– түөрт оҕолоох ыалга – 8%, 18 мөл. солк.;
– үс оҕолоох ыалга – 8%, 18 мөл. солк.;
– икки оҕолоох ыалга – 10%, 15 мөл. солк.;
– биир оҕолоох ыалга – 12%, 12 мөл. солк.
Киинтэн атын эрэгийиэннэргэ:
– биэстэн элбэх оҕолоох ыалга – 2%, 10 мөл. солк.;
– түөрт оҕолоох ыалга – 2%, 10 мөл. солк.;
– үс оҕолоох ыалга – 6%, 10 мөл. солк.;
– икки оҕолоох ыалга – 8%, 8 мөл. солк.;
– биир оҕолоох ыалга – 10%, 6 мөл. солк.
Ханнык да түгэҥҥэ дуогабар түһэрсиллэр кэмигэр саатар биир оҕо сэттэ сааһыттан балыс буолуохтаах.
Чааһынай дьиэни туттарга эбэтэр урут туттубуту ситэрэргэ бэриллэр кирэдьиит оҕо ахсааныттан уонна олорор эрэгийиэниттэн тутулуга сыллааҕыта 6%-наах буолуоҕа.
Итини таһынан, кирэдьииити 15 сылтан уһун болдьоххо биэрбэт буолбуттар.
