Ил Дархан Айсен Николаев уонна АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев бу күннэргэ Мииринэй куоракка өрөспүүбүлүкэ 2026—2030 сс. социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан дуогабары түһэристилэр.
Бу иннинэ үлэлээбит дуогабардар чэрчилэринэн, АЛРОСА өйөбүлүнэн Саха сирин 21 улууһугар 50 тахса оскуола, балыыһа, күрэс уонна култуура эбийиэҕэ, оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэр киин, олорор дьиэ-уот, о.д.а. тутуллубута.
Саҥа сөбүлэһиини биэс сыл болдьохтоох түһэрсибиттэр. Ураты болҕомто “алмаастаах түөлбэ” улуустарыгар ууруллубут – Анаабырга, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Ньурбаҕа, Өдөөҥҥү уонна Сунтаарга.
“АЛРОСА ылыммыт эбээһинэһин толорбутугар уонна Саха сирин кытта салгыы үлэлииргэ бэлэм иһин махтанабын. Саҥа сөбүлэҥ көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэбит өссө сайдыа, дьон олоҕун таһыма тупсуо диэн эрэнэбин”, – диэн Айсен Николаев эттэ.
