Өрөспүүбүлүкэ ЗАГСа 2027 сылга ыал буолуон баҕалаах дьоҥҥо регистрацияны саҕалаата.
Быраабыла быһыытынан, сокуонунан холбоһор туһугар сайабылыанньаны оруобуна сыл эбэтэр хойутаабыта ый иннинэ биэриэхтээххин. Онон, бу күннэргэ эһиилги атырдьах ыйыгар суруйтарыахха эмиэ сөп.
Эһиил “зеркальнай” дэнэр эбэтэр умнуллубат чыыһылалаах маннык күннэр бааллар:
27.02.2027 – субуота;
27.03.2027 – субуота;
08.07.2027 – чэппиэр, Дьиэ кэргэн күнэ;
27.07.2027 – оптуорунньук;
27.08.2027 – бээтинсэ;
27.10.2027 – сэрэдэ;
27.11.2027 – субуота.
ЗАГС үлэһиттэрэ этэллэринэн, ити күннэргэ саахса үлэһиттэрэ саахса хайдах үлэлиириттэн тутулуга суох сайабылыанньа биэрбит дьонно анал (индивидуальнай) регистрацияны ыытыахтара. Исписэлиистэр холбоһоору сылдьар дьоҥҥо “миэстэ баарына эрдэттэн суруйтарыҥ” диэн сүбэлииллэр.
