Баай байанай барахсан булдуттан бэристэҕинэ бэрсэр.
1995 сыллаахха күһүн билэр дьоммуттан ат уларсан, тайахтыы диэн ааттаан айгыстан таҕыстым. “Харахпар көрдүм да, дьэ, сэрэн! Оо, хас эрэ кыылы сууһарабын” диэн арааһы саныы-саныы, дойдулаатым. Настарыанньам да үчүгэйэ сүрдээх, санаам, сүргэм көтөҕүллэ сылдьар.
Бастаан утаа дойдубар тиийэн хоноот, сарсыҥҥытыттан тута киэҥ толооннору кэрийбитинэн бардым. Ол гынан баран өтөр көрүөхтээх сирим баранан, Молдьорҕоҕо тиийэн хоннум.
Үчүгэйдик утуйан туран баран сарсыарда эмиэ хас да толоону көрөн, онон-манан, балачча киэҥ сиринэн эргийэн, Мыраан үрдүгэр баар үүтээҥҥэ тиийдим. Ыгыатта үрэҕэр киирэн илим үтэн, аҕыйах сордоҥу ылан, ытым оҕотун кытта үллэстэн сиэтим. Ол киэһэ иккиэн испит көппөйөн, тотон-ханан утуйдубут.
Ити курдук икки күн устата тугу да бултаабакка сырыттыбыт. Ытым оҕото сарсыарда дьиэбититтэн таҕыстыбыт эрэ, бастакы тайах суолун ылаат, ханна эрэ субурус гынан хаалар уонна киэһэ халлаан хараҥарыыта үүтээни булуохпар диэри икки харахпар көстүбэт. Онон бултуохтаах, тыаҕа сылдьыахтаах болдьоҕум бүтэн, киҥим-наарым холлон, Молдьорҕоҕо кэлэн хонон баран дойдулуур суолбун быстым. Ытым сүтэн ону кытта бадьыыстаһа сылдьыам диэн, сэтиилэнэн кэбистим.
Ол эрээри, дьиэбэр киирэн иһэн Сис күөлүгэр табаһыттарга тохтоон, сынньанан, муҥхалаан балык сиэн, тотон-ханан баран настарыанньам көнньүөрэн, эмиэ кэлиэх-барыах, ойууру кэтиэх санаам иккиһин күөдьүйдэ. Онон Сис күөлүн уолаттарыттан матасыыкыл уларсан, бөһүөлэктэн сүнньүөх-ботуруон, ыһык аҕалынан, иккис төгүлүн булка туруннум.
Бу сырыыга Лөглөҥө диэн сиргэ кэлэн хоннум. Сирбин-уоппун, эбэбин аһатан баран, сарсыныгар булт соноругар туруннум эрээри, кыайан бултаабатым. Дьиҥэр, күн аайы тайаҕы син харахпар көрөр курдукпун эрээри, мэлдьи сүнньүөх ылбат сирэ буолан иһэр. Олох чугаһаппаттар. Саатар, ытым аҕыйахтык ньух-ньах диэт, эмиэ сүтэн хаалар идэлэннэ.
Үһүс хонукпар быһыылааҕа дуу, биир күн тыаҕа Маалыкай уолаттарын көрүстүм. Дьонум эмиэ бэйэбэр дылы мэлийэ сылдьаллар эбит. Икки уоллара Тоҥус үрэҕинэн үөһээ Уйбаан Алексеевич үүтээнигэр хоно барбыттар. Биһиги кэпсэтэн баран, Молдьорҕоҕо Сергеев дьиэтигэр бииргэ хонорго сүбэлэстибит. Ытым көстүбэт.
Арай Сергеев дьиэтигэр түүн утуйа сытан уһуктубутум, ытым кэлэн сытар эбит. Киэһэ уотурбанан хааһытын буһарбыппыттан биэрэн көрбүтүм, сыллаан көрөн баран сытынан кэбистэ. Аска чугаһаабата. Онтон хайдах баҕайыный диэн банаарынан тыктарбытым, түүтэ барыта хаан. “Абааһы баара, куобах тутан сиэбит, онон тот” диэн мөҕүттэн баран, киирэн утуйан хааллым.
Сарсыарда туран уолаттар “биһигини кытта барыс” диэбиттэрин “эбэ баһынан эргийэн Баҕадьылааҕынан дойдулуом” диэн аккаастаан, туһунан бардым.
Ол күн Молдьорҕо баһыгар Маалыкай “хамаандатын” икки киһитин көрүстүм. Дьонум үөрүүлэрэ сүрдээх. “Бэҕэһээ эн ытыҥ үрэ сылдьар тайаҕын бултаатыбыт. Баран эттэ ылан аас” дэстилэр эрээри, онно туораабакка, эттэн батынан, Лөглөҥөҕө тиийэн хоннум.
Ол сылдьан син аҕыйах тайаҕы көрдүм эрээри, эмиэ кыайан бултаабатым. Ытым Баҕадьылаах баһыгар тайахха барбыта да, ол айыыта онон. Лөглөҥөҕө кэлбиппэр биирдэ эрэ ситтэ. Мин чэй иһэн баран “бачча эрдэ тугу гына олоруохпунуй, дойдулуур эбиппин. Сис күөлүгэр түүннэри да тиийэр инибин” диэн, былыргы айан суолунан аппын быһа биэрэн кэбистим.
Арай үрүйэни саҥа хаамтаран туораан истэхпинэ, баһын диэки ытым саҥата сүрдэнэ түстэ. Мин кыратык кэтэһэ түһэн баран, ол диэки сиэллэрдим.
Ытым турар сиригэр бэрт түргэнник бурҕатан тиийдим. Аппын баайаат, үөмэн киирбитим уун-утары биир тайах көрөн турар эбит. Умса ытан түһэрдим. Онтон онтум охтоотун кытта, биир үстээх-түөртээх атыыр ыппын кытта охсуһа-охсуһа, үрүйэ иһиттэн тахсан кэллэ. Ону эмиэ сүнньүөҕүнэн биирдэ ытан кэбиһэн, үөрдүм-көттүм.
Кыылларбын астаан баран аҕам аах холболоругар таһан кэбистим. Биир үчүгэйэ диэн, ол холбо сүүрбэччэ эрэ хаамылаах сиргэ турара. Дьэ, уһуннук мэлийэ сылдьан биирдэ бултуйа түһэр үөрүүтүн онно билэн турабын.
Николай Семянов,
Ньурба.
