\Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев ойуур баһаардарын, “2019-2024 сс. Бүлүү улуустарыгар уунан хааччыйар ситим сайдыыта” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама олоххо киириитин, Ил Дархан экология этэҥҥэ буолуутугар сыһыаннаах ыйааҕын уонна улуус олоҕор АЛРОСА хампаанньа оруолун туһунан кэпсиир.
- Бу күннэргэ Саха сиригэр ойуур баһаара саамай сытыы кыһалҕа буолан турар. Күн аайы араас социальнай ситимҥэ уонна мессенджергэ баһаар туһунан олус элбэх информация тарҕанар. Онтон хайата кырдьыгын, хайата сымыйатын быһаарар да уустугурда. Бүгүҥҥү туругунан Сунтаар улууһун балаһыанньата хайдаҕый?
- Биһиги улууспутугар бу нэдиэлэттэн саҕалаан үөһэттэн ууну кутар ИЛ-76 диэн байыаннай тиэхиньикэ үлэлээн эрэр. Ону таһынан, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев дьаһалынан, улууспутугар АЛРОСА аахсыйалаах хампаанньа Ми-8 бөртөлүөтэ кэллэ. Кини баһаарга үлэлии сылдьар дьону тиэйиэхтээх-таһыахтаах. Онон уот турдар эрэ түргэнник дьаһанар, ол түмүгэр быһыыны-майгыны хонтуруоллуур кыахтанныбыт диэххэ сөп.
- Ууну ыраастыыр тутууларгыт дьыалата уонна иһэр уугут хаачыстыбата хайдаҕый? Ити боппуруоска АЛРОСА хайдах, тугунан көмөлөһөрүй?
- 2017 сыллаахха ууну ыраастыыр ыстаансыйалары тутарга улуус бүддьүөтүттэн харчы көрбүппүт. Инньэ гынан, Бүлүү өрүс сүнньүгэр турар нэһилиэнньэлээх пууннарбытыгар барыта ууну ыраастыыр 12 ыстаансыйаны туппуппут. Ол сыл эһиилигэр, бары билэргит курдук, ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбитэ. Онон ити үлэ тоҕоостоох кэмҥэ оҥоһуллубут буолан тахсыбыта. Оччолорго Бүлүү улуустарын баһылыктара АЛРОСА хампаанньа салалтатын кытта сотору-сотору көрсөрбүт. Онно көрдөххө, сорох улуус ууну ыраастыыр ыстаансыйаны тутар, сорох анал тиэхиньикэни булар, о.д.а. кыһалҕалааҕа. Хампаанньа онно киирбит сайаапкаларынан суһал быһаарыылары ылыммыта, көмөлөспүтэ уонна быһыы-майгы кэм аматыйыар, оннугар түһүөр диэри, Бүлүү улууһун дьонун-сэргэтин ыраас иһэр уунан хааччыйар үлэни-хамнаһы ыыппыта.
Ити кэмҥэ Ил Дархан А.С. Николаев “2019-2024 сс. Бүлүү улуустарыгар уунан хааччыйар ситим сайдыыта” бырагырааманы оҥорорго сорудахтаабыта. Ону Саха сирин бырабыыталыстыбата бигэргэппитэ, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии турар.
Бырагыраама иһэр уу хаачыстыбатын тупсарарга анаан оҥоһуллубута. Онон сибээстээн, тэрээһин үбүн-аһын сорох өлүүтүн АЛРОСА сиэртибэлээбит харчытыттан СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата биэрэр. Ол, быһа холоон, 150 мөлүйүөн солкуобай буолар.
Бырагыраама чэрчитинэн улууспут бөһүөлэктэригэр эбии сэттэ ууну ыраастыыр ыстаансыйаны туттубут, сир анныгар ууну көрдүүр үлэ бара турар. Сунтаарга бэйэтигэр эмиэ ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуллар, ирдиир үлэни ыыттыбыт.
Эмиэ ити бырагырааманан, 2019 сылтан 2024 сылга диэри ууну ыраастыыр модульнай ыстаансыйалар тутуллуохтаахтар, саҥардыллыахтаахтар, скважиналар үүттэниллиэхтээхтэр уонна сөргүтүллүөхтээхтэр, сир аннынааҕы ууну көрдүүргэ геология эрэспиэккэтэ тэриллиэхтээх. Үлэ номнуо саҕаламмыта, бара турар. Холобур, Сунтаар улууһун Ыгыатта бөһүөлэгэр иһиттээх ууну кутарга туттуллар оборудованиены атыылаһан туруорбуппут. 2019 сыллаахха Кириэстээх, Сардаҥа, Устье, Күндэйэ, Элгээйи, Хордоҕой уонна Туойдаах бөһүөлэктэригэр ууну ыраастыыр модульнай ыстаансыйалар тутуллубуттар. Кэккэ нэһилиэнньэлээх пууннарбытыгар ууну тиэйэр-таһар 10 саҥа тиэхиньикэни атыыласпыппыт – Наахараҕа уонна Илимнииргэ. Итини сэргэ 2019 сыллаахха Сунтаар бөһүөлэгин Сунтаар күөлүн таһыгар сир аннынааҕы уу саппааһын быһаарар (көрдүүр, төһө баарын билэр) геология үлэтэ ыытыллыбыта. Ол түмүгэр сууккаҕа 200 м3 кээмэйдээх ууну биэрэр икки скважина үүттэммитэ, 2020 сыллаахха онно ууну ыраастыыр тутуулар оҥоһуллубуттара. Элгээйигэ, Кутанаҕа, Сиэйэҕэ, Туойдаахха, Күндэйэҕэ уонна Күүкэйгэ геология үлэтэ билигин даҕаны барар турар.
- Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев “Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологическай этэҥҥэ буолуутун туһунан” ыйааҕы таһаарбыта. Ыйаах чэрчитинэн тугу үлэлээтигит-хамсаатыгыт?
- Өрүс сүнньүн кыйа турар нэһилиэнньэлээх пууннарбытыгар хас да төгүл экологтар уонна учуонайдар кэлэн үлэлээн барбыттара. Медиктэр дьоммут-сэргэбит доруобуйатын туругун чинчийбиттэрэ. Билигин ол үлэ-хамнас түмүгүн күүтэбит. Салгыы туох-хайдах буолара, тугу гынарбыт түмүк кэллэҕинэ эрэ быһаарыллар.
Санаттахха, ыйаахха 2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ экологиятын этэҥҥэ буолуутун тутаах хайысхалара-соруктара чопчуламмыттара. Ил Дархан Айсен Николаев биэс сүрүн тосхолу ыйбыта. Бастатан туран, киһи үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын түмүгэр тулалыыр эйгэҕэ үөскүөн сөптөөх кутталлар аҕыйыахтаахтар. Ил Дархан экологияҕа куттала суох уонна табыгастаах эйгэни тэрийэргэ этии киллэрбитэ. Итини сэргэ маннык тосхоллор бааллар: сир баайын хостуур тэрилтэлэр үлэлиир кэмнэригэр экологияҕа куттал суоһаабатын хааччыйыы, биология ресурсаларын сиэрдээхтик, табыгастаахтык туһаныы, хотугу сир уонна Арктика ураты айылҕатын, эйгэтин харыстааһын, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун экологическай култууратын уонна эппиэтинэһин таһымын үрдэтии.
- Улуускут бүддьүөтэ төһөнүй? АЛРОСА онно туох, төһө оруоллааҕый?
- Сунтаар улууһун бүддьүөтэ 3,5 миллиард солкуобай буолар. Биһиги аҥаардас тыа хаһаайыстыбатынан эрэ дьарыкнар улууспут. Ол аата дотацияҕа олоробут. Онон АЛРОСА олус улахан оруоллаах. Холобур, улууспут бары социальнай эбийиэктэрин алмаастаах хампаанньаттан кэлэр дивиденд суотугар эрэ тутабыт.
Лена Тихонова, v-yakutia.ru
