Атырдьах ыйын 16 күнүгэр киэһэ 22:00 чааска Орто Халыма улууһугар турбут биир саамай улахан баһаары кыайдылар. Уот өссө кураанах этиҥтэн сылтаан от ыйын 24 күнүгэр барбыта, иэнэ барыта холбоон 68 120 гаа этэ.

Баһаары умулларарга Авиалесоохрана Орто Халыматааҕы, Зырянкатааҕы уонна Покровскайдааҕы авиаотделениеларын үлэһиттэрэ – барыта 54 парашютист-десантник, “Якутлесресурс” 2 ойур баһаарын ыстаансыйата уонна 5 араас тиэхиньикэ үлэлээтэ.

“Уот кыра сэппэрээктээх туундаралыы сиргэ турбута. Муҥар уларыйа сылдьар балаһа-балаһа күүстээх тыал үрэрэ, онон төгүрүйэр кыах биэрбэккэ, куотан, сыҕарыйан иһэрэ. Ол да буоллар атырдьах ыйын 13-с күнүгэр иилии эргийэн, 16-с чыыһылаҕа барытын умуллардылар. 23 күн тохтоло суох үлэлээтилэр”, – диэн Авиалесоохрана МАХска канаалыгар суруйаллар.

Кыым.ру.
Хаартыска: gtrksakha.ru   

Бүтэһик сонуннар