Бүгүҥҥү туругунан, Саха сиригэр уопсайа 969 239 га иэннээх сиргэ 73 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр.

Ол иһигэр Ньурба, Мииринэй, Кэбээйи, Өлөөн, Уус Майда уонна Орто Халыма улуустарыгар 9 уоту умуруорууга үлэ бара турар. Уоту утары охсуһууга 524 киһи уонна 59 тиэхиньикэ үлэлиир диэн тустаах тэрилтэлэр иһитиннэрэллэр.   

Kyym.ru
Хаартыска: МЧС

Бүтэһик сонуннар