Бүгүн, от ыйын 6 күнүгэр, Эдьигээҥҥэ, Эбээн Бытантайга, Үөһээ Дьааҥыга уонна Усуйаанаҕа соҕурулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.

Хотугулуу-арҕаа, соҕуруу түүнүн, оттон хоту күнүһүн быстах ардыаҕа, сорох сиргэ ыаҕастаах уунан кутар этиҥнээх ардах түһүөҕэ.

Температура киин улуустарга күнүс +27...+32, хотугулуу-илин +17...+22, кэккэ улуустарга +12...+17 кыраадыс сылаас.

Дьокуускайга бу түүн +10...+12, күнүс +29...+31 кыраадыс куйаас. Ардах-хаар суох. Соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-8 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.

Бэй.кэр.
Хаартыска: nesiditsa.ru

Бүтэһик сонуннар