Бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Мииринэйгэ уонна Бүлүү сүнньүгэр инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Оттон Ленскэй улууһугар хаардаах ардах кэлиэҕэ. Ол туһунан Гидромет-киин Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.
Тыаллаах. Күнүс киин уонна соҕурууҥҥу улуустарга күүһүрэн ылар кэмигэр 9—14 миэтэрэ түргэннээхтик үрүө. Арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытыгар уонна Хотугу Муустаах байҕал кытылынан – сөкүүндэҕэ 17—22 миэтэрэ түргэннээх, тибиилээх.
Илин эҥээргэ температура үүнэр түүн -10...-15, хотугулуу-илин -15...-20, намтал сирдэргэ -20...-25, арҕааҥҥы улуустарга уонна соҕуруулуу-арҕаа -3...+2 буолуоҕа.
Күнүһүн хоту уонна арҕаа -2...+3, хотугулуу-арҕаа -7..-12 кыраадыс тымныы.
Дьокуускайга бүгүн күнүс +6...+8 кыраадыс буолуоҕа. Түүн -9...-11 күүтүллэр.
