Кулун тутар 23 күнүгэр Саха сирин хотугулуу-илиҥҥи, илиҥҥи уонна соҕуруулуу-арҕааҥҥы өттүгэр кыралаан хаардыа, сорох сиргэ инчэҕэй хаар түһүө.
Кэбээйигэ уонна Хотугу Муустаах байҕал кытылыгар сөкүүндэҕэ 15—20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах буолуо. Бу түүн хотугулуу-арҕаа –32...-37, арҕаа -8...-13 кыраадыс тымныы. Күнүс үгүс улууска -2...+3, хотугулуу илин -5...-10, хотугулуу-арҕаа -10...-15, сорох сиргэ -10...-20 буолара күүтүллэр.
Дьокуускай куоракка күнүс -1...+1 кыраадыс сылаас. Түүн -19...-21 кыраадыс тымныы. Ардах-хаар түһэрэ күүтүллүбэт. Соҕуруулуу-илинтэн 3—8, күүһүрэн ылар кэмигэр 8—13 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Бэй.кэр.
Хаартыска: yakutia.info
