Матвей Мучин

Саха сирин судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев чугас соратниктарыттан биирдэстэрэ – Матвей Васильевич Мучин 86 сааһыгар олохтон туораата. Кини үөрэҕирии систиэмэтэ сайдарыгар уонна эрэгийиэҥҥэ каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ улахан кылаатын киллэрбитэ.

Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев – Матвей Мучин аймахтарыгар уонна чугас дьонугар кутурҕанын тиэртэ. Ил Дархан “МАКС” мессенджергэ ханаалыгар: “Матвей Васильевич өрөспүүбүлүкэ интэриэһин, олохтоохтор инники кэскиллэрин туһугар олоҕун анаабыта”, – диэн бэлиэтээтэ.

“2021 сыллаахха Матвей Васильевичка “Хотугу сулус” (Полярная звезда) уордьаны туттарбытым, – диэн суруйбута бэйэтин ханаалыгар Айсен Николаев. – Кини харда тылыгар: Арассыыйа уонна тас дойдулар үөрэххэ кыһаларыгар үөрэнэр тыһыынчанан устудьуон туһунан кэпсээбитэ. Ити – кини салайар департаменын үлэтин түмүгэ. Матвей Васильевич үөрэх, билии-көрүү модун күүһүн туһунан эдэр дьоҥҥо кэпсиирэ, кинилэр дьоҕурдарыгар, талааннарыгар эрэнэрэ, олоххо суолларын булуналларыгар көмөлөһөрө. Тус бэйэбэр кини олоҕо – төрөөбүт-үөскээбит өрөспүүбүлүкэтин иннигэр эппиэтинэс уонна дьоҥҥһ-сэргэҕэ ис сүрэхтэн сылаас сыһыан”.

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана – Матвей Мучин кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр, аймахтарыгар, чугас дьонугар уонна кинини кытта бииргэ үлэлээбит дьоҥҥо кутурҕанын биллэрдэ.

Ыспыраапка:

Матвей Мучин 1941 сыл олунньу 11 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Сыымах сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Кини Магадан педагогикаҕа институтун, Дьокуускай тыа хаһаайыстыбатыгар институтун уонна Хабаровскайдааҕы партия үрдүкү оскуолатын бүтэрбитэ. Үлэтин үөрэҕирии эйгэтиттэн саҕалаабыта, аҕыс кылаастаах уонна орто оскуолаларга дириэктэрдээбитэ.

1980-с сылларга Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар салайар үлэлэргэ сылдьыбыта. 1990-1992 сылларга САССР Үрдүк Сэбиэтин дьокутаатын быһыытынан Судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация уонна СӨ саҥа Конституциятын бэлэмнээһиҥҥэ уонна ылыныыга кыттыбыта.

1992-2002 сылларга Мучин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна бэрэсидьиэнин уорганыгар кадрдары бэлэмниир, борогунуостуур уонна аттаран туруорар структуралары салайбыта. Кини быһаччы кыттыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ кэккэ үөрэх уонна билим тэрилтэлэрэ тэриллиилэрин туһунан быһаарыылар ылыллыбыттара. 1999 сылтан өрспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ.

2002-2007 сылларга Матвей Мучин – Санкт-Петербурга Саха сирин бэрэстэбиитэлэ этэ (постоянный представитель). Ити кэнниттэн уопсастыбаннай үлэтин салҕаабыта, култуура, билим уонна үөрэҕирии эйгэлэрин өйүүр үлэлэринэн дьарыктаммыта.

Матвей Мучин педагогика билимин хадьыдаата, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ этэ. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылаатын иһин судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай наҕараадалардааҕа. Ол иһигэр – “Хотугу сулус” (Полярная звезда) уордьан, Доҕордоһуу уордьана уонна “Гражданскай килбиэн” бэлиэ. Киниэхэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна кэккэ нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданинын аата иҥэриллибитэ.

ЯСИА фотота

Сигэ: Улус.Медиа

Бүтэһик сонуннар