Дьокуускайга дьон олорор дьиэтигэр оттук дьылын ыам ыйын 23 күнүгэр түмүктүөхтэрэ. Оттон социальнай тэрилтэлэргэ, ол иһигэр оскуолаларга уонна балыыһаларга, ону сэргэ хаарбах туруктаах дьиэлэргэ – бэс ыйын 1 күнүттэн.

“Ол гынан баран, барыта күн-дьыл туругуттан тутулуктаах буолуо”, – диэн ДьУоХХ уонна энэргиэтикэ департаменын салайааччыта Иван Негнюров быһаарар.

Бүтэһиктээх быһарыыны халлаан температуратыттан көрөн таһаарыахтара үһү.

Бэй.кэр.
Хаартыска: СИА