Ол курдук, миопиялаах оҕо ахсаана үс төгүл элбээбит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатыгар иһитиннэрбиттэринэн, сыллата бу ыарыыны ортотунан түөрт тыһыынча кэриҥэ оҕоҕо булаллар.
Ааспыт биэс сыл иһигэр Саха сиригэр оҕо аймахха ырааҕы көрбөт буолуу (близорукость) үс төгүл элбээтэ – 8 тыһыынчаттан 24 тыһыынчаҕа диэри.
Санатар буоллахха, Саха сиригэр быйыл «Оскуола мэдиссиинэтэ» диэн бырайыак үлэлээн саҕалаата. Бу бырагыраама чэрчитинэн оскуола үөрэнээччилэригэр доруобуйа кэһиллиитин эрдэттэн быһаарар, идэтийбит көмөнү кэмигэр оҥорор, чөлүгэр түһэриини, үөрэнэр эйгэни тупсарыыны уонна чэгиэн олох укулаатын култууратын сайыннарар соруктаахтар.
Хаартыска: 2ГИС

