Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ “Дьоҕус агробиисинэһи сайыннарыы” федеральнай бырайыагы олоххо киллэриигэ 5 суол хайысханан грант уонна толуйуу үбүн ылар иһин сүүмэрдээһини биллэрэн, бу дьыл алтынньы 20 күнүттэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэ бааһынай хаһаайыстыбаларыттан, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэриттэн уонна урбаанньыттартан сайаапкалары хомуйа олорор.

Ити иһиттэн 2 көрүҥэ чопчу 2026 сылга көрсүллүбүт ороскуот сорҕотун толуйууга сыһыаннаах. Олорго бэрээдэк быһыытынан 10 эрэ күннээх болдьох бэриллэринэн, маҥнайгы түмүктэр бэлиэр билиннилэр. Министиэристибэ дьиэ кыылын-сүөлүн иитии салааларын, племенной үлэни, кэпэрээссийэни уонна дьоҕус киэптээх хаһаайыннааһыны сайыннарыыга департаменыгар иһитиннэрбиттэринэн, “Бааһынай (фермер) хаһаайыстыбалар ороскуоттарын сорҕотун толуйууга” 34 сайаапка киирбититтэн хамыыһыйа көрөн сүүмэрдээн баран, 17 хаһаайыстыбаны аһарбыт. Атыттар араас төрүөтүнэн, холобур, докумуоннара итэҕэс, сыыһалаах, сирдэрин докумуоннаппатах эбэтэр нолуокка иэстээх буоланнар, туоратыллыбыттар. Сүүмэрдээһини ааспыт хаһаайыстыбалар сайаапкалаабыт суумалара холбоон 9 мөл. 421 тыһ. солкуобайга тэҥнэспит. Оттон федеральнай бүддьүөттэн бу көрүҥҥэ 32,25 мөл. солкуобай көрүллэн турар. Онон ордубут 23 мөлүйүөн кэриҥэ үпкэ министиэристибэ сэтинньи 1 – 11 күннэригэр сүүмэрдээһин 2-с түһүмэҕин ыытарын туһунан биллэрдэ.

Иккиһинэн, итиччэ кээмэйдээх (32,25 мөл. солкуобай)  үбүлээһин “Килиэби астаан таһаарыы ороскуотун сорҕотун толуйууга” эбэтэр судургутук эттэххэ, тыа сирин бэкээринэлэрин өйөөһүҥҥэ туһуланар. Маны сүрүннээһин министиэристибэ астыыр-үөллүүр салааҕа уонна аһынан-үөлүнэн быстыбакка хааччыллыыга отделыгар сүктэриллибит. Быйыл күһүҥҥүттэн салайааччыта суох олорор уонна 3 эрэ үлэһиттээх отдел исписэлиистэрин кытта кэпсэтэн билбиппинэн, 6 юридическай сирэйтэн уонна урбаанньыттан сайаапка киирбит, бүтэһиктээх түмүк өссө тахса илик. Отдел өссө 3 грант куонкуруһуттан биирин тэрийэн ыытар. Ол – “Тыа хаһаайыстыбатын потребительскай (хааччыйар) кэпэрэтииптэрин сайыннарыы” диэн ааттаах. Бу сыалга 50,10 мөл. солкуобай кээмэйдээх өйөбүл көрүллүбүтүгэр билиҥҥитэ 1 сайаапка киирбит. Докумуоннарын бэлэмнии сылдьар хандьыдааттар бааллар эбит. Итиччэ үп муҥутаан 3 кэпэрэтиипкэ сөп буолар. Ситэри сэбилэммит астыыр-үөллүүр линияны атыылаһан туруорарга кырата 25-30 мөл. солкуобай эрэйиллэр. Сайаапкалааччы 2 сыл иһинэн олоххо киллэриэхтээх бизнес-былаанын 10 мөл. солкуобайга диэри суоттанар буоллаҕына, 10 бырыһыана бэйэтин үбэ буолуохтаах. Ити курдук 30 мөл. солкуобайга диэри 20, оттон 50 мөл. солкуобайга диэри 30 бырыһыанын бэйэтэ угуохтааҕа ирдэниллэр.

Грант атын 2 көрүҥүн үөһэ эрдэ билиһиннэрбит департаменым сүрүннүүр. Граннарга докумуоннары тутуу сэтинньи 19 күнүгэр диэри салҕанан барарынан, бу күннээҕи быстах дааннайдарга сигэннэххэ маннык: “Бааһынай хаһаайыстыбалары сайыннарыыга” 10 сайаапка киирбит, нэдиэлэ анараа өттүгэр 9 этэ. Бу көрүҥҥэ саамай элбэх үп көрүллүбүт: 96,66 мөлүйүөнү үллэриэхтээхтэр, 15-16 киһи ылыан сөп. Иккис “Агромотиватор” граҥҥа билиҥҥитэ 1 даҕаны киирэ илик эрээри, докумуоннарын бэлэмнии сылдьааччылар бааллар үһү. Бу көрүҥҥэ 16,12 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ анал байыаннай дьайыы 5-6 кыттыылааҕар тиийиэн сөп.

Дойду үрдүнэн бааһынай хамсааһынын өйүүр “Саҕалааччы фермер” уонна “Бааһынай хаһаайыстыбаҕа тирэҕирэн дьиэ кэргэн фермаларын сайыннарыы” федеральнай бырагыраамалар 2012 сылтан үлэлээбиттэрэ. Эдэр фермердэргэ аналлаах бырагыраама кэнники “Агростартап”-ка кубулутуллубута. Аны быйылгыттан “Агростартап” уонна “Дьиэ кэргэн фермата” бырагыраамалары холбоон, “Дьоҕус агробизнеһи сайыннарыы” диэн саҥа федеральнай бырайыагы үлэлэтэн эрэллэр. Бырайыак 4 хайысханы ураты чорботор: бааһынай хаһаайыстыбалары сайыннарыы; тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрин сайыннарыы; дьоҕус тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулары өйөөһүн; бааһынай бородууксуйатын батарыы инфраструктуратын сайыннарыы.

Балартан “Бааһынай хаһаайыстыбалары сайыннарыы” хайысха уруккуттан туох уратылардааҕын, саҥа киллэриилэри АПК ресурсаларынан хааччыйар киинин консультана, СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциациятын толорооччу дириэктэрэ Зарема Бочкарева быһааран кэпсээтэ.

– Бу хайысха 3 суол көмөнү көрөрүттэн иккитэ – грант, биирэ – толуйуу үбэ, субсидия. Кыттыан баҕалаах бааһынайдар “электроннай бүддьүөт” нөҥүө докумуоннарын киллэрэллэр. – диир Зарема Романовна. – “Бааһынай хаһаайыстыбаны сайыннарыы” граҥҥа улахан уларыйыыта диэн – урукку өттүгэр грант үбүнэн, судаарыстыба өйөбүлүнэн туһана сылдьыбыт дьон кыттыбаттар. “Саҕалааччы фермер” (“Агростартап”) уонна “Дьиэ кэргэн фермата” бырагыраамаларынан грант ылбыт бааһынай хаһаайыстыбаҕа чилиэн быһыытынан сылдьыбыт даҕаны буоллаххына, кыттар быраабыҥ суох. Уонна ыллаххына, иккистээн кыттыбаккын. Саҥа федеральнай бырайыак ирдэбилэ ити курдук кытаанах. Бука, саҥа дьон кэлэригэр суол арыйар санааттан ылыллыбыт быһаарыы буолуо.

Бүтэһик сонуннар