Билигин “зумердар көлүөнэлэрэ” диэн 1995 – 2013 сыллар икки ардыларыгар төрөөбүт эдэр дьону ааттыыллар. Оттон “миллениаллар” -- “зумердардааҕар” арыый аҕа саастаах, 1981 – 1996 сс. төрөөбүт дьон.
Егор Шкред диэн белорус блогера бу эдэр көлүөнэ дьон бэйэ бэйэлэриттэн туох уратылаахтарын ырытан суруйар. “30 – 15 саастаах зумердар -- интэриниэт, смартфон, социальнай ситимнэр тэнийбиттэрин кэннэ улааппыт көлүөнэ. Интэриниэт диэн кинилэргэ тугу эрэ туһанар ньыма буолбатах, бу – кинилэр олохторо. Зумердар үлэ, хамнас эҥин диэҥҥэ букатын наадыйбаттар. Ким эрэ, холобур салайааччы, кинилэри сэмэлээтэ, мөхтө-эттэ да, кинилэр тугу да уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка тахсан барыахтара. Төһө да кинилэр харчыга улаханнык ыктара сылдьыбыттарын иһин, онно наадыйбаттар. Атын сиргэ үүт-хайаҕас көрдүү ойуохтара...
Онно холоотоххо, кинилэртэн аҕа саастаах миллениаллар (30 – 45 саастаах дьон) – арыый киһилиилэр. Кинилэри кытта киһи үлэлэһиэн сөп. кинилэр кириитикэни да ылыналлар, үлэ суолтатын да өйдүүллэр”.
Онон, “эдэр ыччаппыт уларыйда” диирбит төрүөтэ онно сытар эбит. Бу көстүү аан дойдуга барытыгар тарҕаммыт. Быһата, биһиги букатын өйдөөбөт, өйдөһөр да кыаҕа суох көлүөнэбит үүнэн тахсыбыт.
Кыым.ру

