Ил Түмэҥҥэ буолбут “төгүрүк остуолга” кыһын хочуолунайдар үлэлэрин тохтоппот туһугар, СӨ ДьУоХХ суһал миэлэри ылынарга туруоруста.

“Сэтинньигэ таһаҕасчыттарга иэспитин төлүүргэ 1,2 млрд солк. ирдэнэр. Ону тэҥэ ахсынньыга хантараактаах дьоммут 30 бырыһыаннарыгар айан-сырыы иннинэ тиэхиньикэлэрин оҥостоллоругар абаанса биэрэргэ 800 000 солк. булуохха наада. Кыһыҥҥы айан суолун баттаһа Дьабарыкы Хайаттан Томпо уонна Дьааҥы ДьУоХХ-тарын хааччайарга 111,8 тыһ. т чох хостонуохтаах. Муоманы уонна Эбээн Бытантайы хааччыйар туһугар, Хаандыгатааҕы ньиэп базатын 15 тыһ. т ньиэби хаһаанардыы кэҥэтиэххэ наада.

Итини таһынан, ахсынньы 1-кы күнүттэн кулун тутар 31-с күнүгэр диэри улуустарга диэри уматыгы хааччаҕа суох тиэйэр-таһар туһугар, суолларга турар ыйааһыны-кээмэйи хонтуруоллуур пууннары араарыахха наада. Ити ирдэбил киириэҕиттэн уматыгы тиэйээччилэр олус элбэх суумаҕа ыстарааптанар буоллулар. Онтон сылтаан уматыгы кыра тиэхиньикэнэн тиэйэллэр, ол түмүгэр сыана ыарыыр”, – диэн СӨ ДьУоХХ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сергей Владимиров туруорсар.

Кыым.ру
Хаартыска: СӨ Управтодор

Бүтэһик сонуннар