Сахабыт сирин киин куоратыгар IX норуоттар икки ардыларынааҕы Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлигэр тас дойдулартан ыалдьыттар кэллилэр.
Бэстибээлгэ Индия, Мексика, Монголия, Кыргызстан, Кытай уонна Япония бэрэстэбиитэллэрэ кытталлар. Кинематографистар бэйэлэрин киинэлэрин көрдөрүөхтэрэ, норуоттар икки ардыларынааҕы дьүүллүүр сүбэ үлэтигэр кыттыахтара, маастар-кылаастарга уонна дьыалабыай көрсүһүүлэргэ кыттыахтара.
Индия актрисата уонна продюсера Джьотсана Раджпурохит «Мастер Банту» диэн киинэтин, оттон монгол режиссера, сценарист уонна продюсер Сэнгедорж Жанчивдорж «Муралист» киинэни көрдөрүөхтэрэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы дьүүллүүр сүбэҕэ Кыргызстан режиссера уонна продюсера Эрке Джумакматова уонна Кытай Parallax Films хампаанньатын бэрэстэбиитэлэ Цяо Цзиньбяо киирдилэр. Үөрэх бырагырааматыгар Япония продюсера Хикару Киноучи тыл этиэҕэ.

